МБУ "СУОТТУНСКИЙ ЦД "МИЧЭЭР"

МБУ "СУОТТУНСКИЙ ЦД "МИЧЭЭР"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "СУОТТУНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "МИЧЭЭР" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "СУОТТУНСКИЙ НАСЛЕГ"

«Мин ийэбинээн» күрэх

Алтынньы 19 күнүгэр  “Мичээр” сынньалаҥ киинигэр Арассыыйаҕа  — Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэҕэ  — Оҕо-аймах, улууска  — Аҕа сылларынан,  Саха сиригэр Ийэ күнүн чэрчитинэн  “Мин ийэбинээн” конкурс буолан ааста. Конкурс, күрэхтэһии диэни истээт киһи барыта долгуйар, кыттыан баҕарар эрээри туохтан эрэ тардыстар.Онтон бу киэһэ хорсун санаалаах, өрүү көхтөөх буоланСуотту нэһилиэгин биэс талааннаах ийэ оҕолорунаан кыттан бэйэлэригэр, көрөөчүлэригэр… (читать далее)

«Көхтөөх буолуу — уһун үйэлэнии»

Бу дьыл олунньу 9 күнүгэр Аҕам саастаахтарга аналлаах Мичээр сынньалаҥ киинигэр тэрээһин буолан ааста. Ол курдук Суотту нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Ксенофонтов С.И. эҕэрдэ тылы эттэ. Уус — Алданнааҕы техникум, Суотту орто оскуолата, Хоноҕордооҕу сынньалаҥ киин, Суоттутааҕы уонна Хоноҕор библиотеката үҥкүүнэн, ырыанан эҕэрдэлээтилэр. 

«ДЬИЭ КЭРГЭН- ОЛОХ ТӨРДӨ»

«ДЬИЭ КЭРГЭН- ОЛОХ ТӨРДӨ» улуустааҕы фестиваль Суотту нэһилиэгэр кулун тутар 26 күнүгэр ыытылынна. Өрүү да буоларын курдук нэһилиэкпит талааннаах ыччаттара, ансамблара: «Көмүөл», уолаттар ансамблара, «Өлүөнэ кытыла», «Тэтим», «Суотту далбардара», «Сандаар», «Туой», «Мичээр», кэрэ куоластаах кэскиллээх ыччаттарбыт: Марик Марков, Ангелина Добрецова, бүттүүн дьиэ кэргэнинэн бу күннэргэ оҕолорун-сиэннэрин илдьэ сылдьан кыттыбыт Раиса, Семен Черкашиннар, Надежда, Иннокентий Алексевтар,… (читать далее)

Суотту далбардара

Олунньу 29 күнүгэр «Уус-Алдан уран уустарын түһүлгэтэ» быыстапкаҕа «Суотту далбардара» түмсүү (сал. Иванова Е.И.) ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Ол курдук «Киэргэ» күрэххэ Бочкарева П.В. Уус-Алдан норуотун маастара 3 миэстэни ылла. «Республикатааҕы норуот айымньытын дьиэтэ» тэрилтэ ыыппыт бөлөҕүнэн кырадаһынтан сыттык тигиитигэр биһиги нэһилиэктэн Саһылыкааннааҕы «Сайдам» СК иһинэн үлэлиир түмсүү Портнягина М.П., Гузаирова М.С. уонна Суоттутааҕы «Мичээр» СК… (читать далее)

«Кэскили түстэһэн ыччаккыт туһугар төлкөнү төрүттээн!»

Олунньу 23 күнүгэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин чэрчитинэн Суотту нэһилиэгэр Уус-Алдан улууһугар Аҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Дьиэ кэргэн сылларын арыйар тэрээһин ыытылынна. Бу киэһэ кыттыыны ыллылар: — Герой Ийэ, үлэ, тыыл ветерана Розалия Егоровна Васильева оҕолоро, сиэннэрэ; — Ырыаһыт, оһуокайдьыт, элбэх оҕолоох ыал Күн Күбэй Ийэтэ, үлэ, тыыл ветерана Розалия Николаевна Бубякина оҕолоро, сиэннэрэ; — Үлэ,… (читать далее)

Итоги года 2023 года

Суотту нэһилиэгэр үгэскэ кубулуйбут сыл түмүгүнэн үлэҕэ бастыҥнары ааттаталыыр дьоро түһүлгэтэ тохсунньу 13 күнүгэр ыраахтан-чугастан дьонун түмтэ.Культуура киинин сценатыттан 2023 сыл Россияҕа «Уһуйааччы уонна Аҕа сүбэһит», Республикабытыгар Үлэ, улууспутугар инфраструктура сылларын чэрчитинэн анал ааттар хаһаайыттара ааттаннылар:

«Аргыстаах буоллун айаҥҥыт»

Алтынньы 28 күнүгэр Суоппар күнүгэр аналлаах «Алгыстаах буоллун айаҥҥыт» тэрээһин буолан ааста. Сарсыардаттан массыыналар парадтара, Уус — Алданнааҕы техникум автодромугар улахан уйуктаах массыынанан упражнение толорооһун, Суоттутааҕы»Эрэл»спортзалатыгар спортивнай күрэх. Күрэхтэһии уопсай түмүгэр 1 миэстэ Суотту 1 хамаандата, 2 миэстэ Суотту 2 хамаандата, 3 миэстэ Байаҕантай хамаандата. Киэһэ «Мичээр» сынньалаҥ киинигэр торжественнай кэнсиэр буолан ааста. Күрэхтэһии кыттыылаахтара… (читать далее)

Гастроль «Айанньыт тойуга»

Aлтынньы ый 19 күнүгэр Хотой Айыы ыйыгар, Ытык Суотту түмэр киинигэр, Саҥа таҥыллыбыт «Айанньыт тойуга» альбому сүрэхтии Василий Новоприезжий ытык Суотту үтүө мааны дьонун кытта көрсө, алтыһа, ырыа ыллыы айаҥҥа турунан эрэр!Кыттыыны ылыахтара:Дмитрий БаишевКэскил БаишевЕкатерина ЧеркашинаDJ KRTБуолар сирэ: Суоттутааҕы Мичээр сынньалаҥ киинэБуолар бириэмэтэ🕖- 19:00 ч.Билиэт сыаната — 600₽

«Көмүс күһүн бэлэҕэ»

Алтынньы 18 күнүгэр «Мичээр» сынньалаҥ киинигэр Аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах биэчэр буолан ааста. Төгүрүк остуол нөҥүө олорон араас оонньуулар, ылбаҕай ырыалар ылланнылар. Урукку кэминээҕи мода, араас быһыылаах, улахан, кыра оҕуруот астарын, айылҕа материалыттан оҥоһуктар көрүү. Ыалдьыттар кэлэн ирэ-хоро сэһэргэһэн, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.