«Көмүс күһүн бэлэҕэ»
Алтынньы 18 күнүгэр «Мичээр» сынньалаҥ киинигэр Аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах биэчэр буолан ааста. Төгүрүк остуол нөҥүө олорон араас оонньуулар, ылбаҕай ырыалар ылланнылар. Урукку кэминээҕи мода, араас быһыылаах, улахан, кыра оҕуруот астарын, айылҕа материалыттан оҥоһуктар көрүү. Ыалдьыттар кэлэн ирэ-хоро сэһэргэһэн, дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.